Муниципальное бюджетное учреждение дополнительного образования
Амгинский центр творческого развития имени
Ольги Петровны Ивановой-Сидоркевич
Версия для слабовидящих
Контакты

Индекс: 678600

Юридический адрес: Республика Саха (Якутия), Амгинский улус, с.Амга ул.Ленина 44

Почтовый адрес: Республика Саха (Якутия), Амгинский улус, с.Амга ул.Ленина 44

Телефон: +7 (411-42) 4-12-47

Электронная почтаshiviv@bk.ru

Айылҕа киртийиитигэр киһи оруола.

Бу билиҥҥи кэммитин, биһиги цивилизациябытын ааттаан эрэллэр эбит – “отхуоттар цивилизациялара ” диэн. Ол эбэтэр бөх-сах цивилизацията. Төһө да сайдыбыппытын иһин итинник ааттанан  эрэбит. Бүтүн хайа саҕа бөх – бу сайдыылаах индустриальнай дойдулар биир бэлиэлэрэ эбиттэр. Холобура, Америка Холбоһуктаах штаатыгар биир киһи баһыгар сылга 600 киилэ бөх тиксэр эбит. Онтон Арҕаа Европаҕа уонна Японияҕа итинтэн 2 төгүл кыра эрээри сыллата ити сыыппара үрдээн иһэрин бэлиэтииллэр. Биһиги дойдубутугар Российскай Федерацияҕа ити көрдөрүүлэр сыллата 2-5 бырыһыан үрдээн иһэр эбит. Түргэн тэтиминэн хаалсыбакка барсан иһэбит. Бу бөх тоҕор сирбитигэр тиэллэн дьиэ иһиттэн тахсар бөх-сах, олбуортан соһуллан барар алдьаммыт  сэп-сэбиргэл, сыһыыга-хонууга бырахпыт, тыаҕа таһааран куппут бөхпут, барыта ааҕыллан итинник көрдөрүү буолар.

Аны сайдыылаах дойду биир бэлиэтэ – араас транспорт дэлэйэ. Массыына элбээн иһиитэ- атмосфераҕа сүһүрдэр токсическай гаастар элбээһиннэригэр тириэртэр. 1999 сылааҕы көрдөрүүнү буллум. Онно атмосфера киртийиититтэн 40 бырыһыана бу массыынаттан тахсар гаастан киртийии диэн быһаарбыттар.  Куораттарга массыына халгаһалыы сүүрэрин көрдөххө, билигин ити сыыппара үрдээбит буолуон сөп.

Маны таһынан дьиэҕэ-уокка туттар  табаардарбыт токсическай бэсэстибэнэн толору. Ол курдук свинец, ртуть, кадмий. Бу барыта техника аккумуляторыгар баар. Аны араас дьааттаах, химиялаах кырааска растворителлэринэн, кырааскаларынан, сууйар-сотор порошоктарбытынан толорубут. Бу барыта сыбаалкаҕа тиийэн сытар, сытыйар –ымыйар. Аны манна промышленнай отхуоттары таһааран куттуннар, бу барыта тулалыыр эйгэҕэ- айылҕаҕа, ууга, салгыҥҥа улахан экологическай кутталы үөскэтэр.

Билигин сайдыылаах дойдулар маны өйдөөн бэйэлэрин промышленнай отхуоттарын атын тас дойдуларга конвейерынан тиэйэн таһаарар буоллулар. Бөхтөрүн ити курдук экспортыыллар. Манна ордук экономическай өттүнэн хаалыылаах дойдулар түбэһэллэр. Кинилэр кыахтаах баай дойдуларга бөх полигоннара буолалларыгар тиийэллэр.

Баай кыахтаах дойдулар аны атын ньыманы буллулар. Ол курдук араас металлургическай уонна химическай собуоттарын бэйэлэриттэн тэйитэн атын дойду сиригэр тутар буолан эрэллэр. Ньымааттыыр көрүҥнэрэ үлэ миэстэтин таһаарабыт диэн ааттаан. Маннык быһыыны       бэйэбит Сахабыт сиригэр көрүстүбүт дии. Аллараа Бэстээххэ химическай собуот тутуоххайын диэн турдулар. Ночоото биһиэнэ, барыһа кинилэргэ. Уубут, почвабыт, салгыммыт барыта сүһүрэр. Аһатан – сиэтэн олорор улахан эбэбит, бу дойдубут хорук тымыра буоллаҕа дии.

Аны биир ньыма баар- «саҥалыы киртитии” диэн. Бу тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах. Эмиэ барыһы эккирэтииттэн. Түргэнник үүннэрэ охсон, ким хайа иннинэ атыылыы охсон барыһы ылааһын. Уоҕурдууну туттан. Айылҕа уоҕурдуутун буолбакка искусственнай уоҕурдуу. Искусственнай уоҕурдуу биллэн туран химия, химияны туттуу. Бааһынаҕа маннык уоҕурдууну туттубуттарын кэннэ уонунан сылларга туох да үүммэт дииллэр. Сирбит хааллаҕа ити. Бу Сахабыт сиригэр олус кутталлаах. Биһи ирбэт тоҥ үрдүгэр олорорбут быһыытынан биһи айылҕабыт олус кэбирэх,  алдьанымтыа уонна бытаанык чөлүгэр түһэр. Мин санаабар, манна ордук кутталы үөскэтиэн сөп сири арендаҕа омук дьонугар биэрии. Атын сиртэн кэлбит киһи кылгас болчоххо туттан – хаптан барыһы ылан баран дойдутугар төннүө турдаҕа. Онтон биһиэхэ кини кэнниттэн быраҕыллыбыт сир хаалар.

Кэнники кэмҥэ тыабытыгар баһаардар тураллара үксээтэ. Манна кураан күн-дьыл эмиэ эбиискэлэһэрэ буолуо да дьон халаатнаһыттан тахсара баар суол. Баһаар буолбут сиригэр сир-дойду алдьанар, уларыйар, ирбэт тоҥо алдьанан маардар үөскүүллэр.

Дьэ ити курдук мин дакылааппар тулалыыр эйгэпит, айылҕабыт киртийиитэ киһиттэн тахсарыгар эрэ тохтоотум. Киһиттэн бэйэтиттэн.

Бастатан туран, киһи ымсыытыттан, тохтоло суох барыһы эрэ эккирэтиһиититтэн.

Иккиһинэн, киһи аахайбат буолуутуттан, өйдөөбөтүттэн.

Үсүһүнэн, ис култуурабыт суоҕуттан.

Тулалыыр эйгэппит киртийиитэ, айылҕабыт ресурсалара кэхтиитэ бу улахан глобальнай проблема. Аан дойду экологтара бэлиэтииллэринэн киһи аймах маннык алдьатар – кээһэтэр эрэ суолунан сырыттаҕына, айылҕаттан наар ылар эрэ уонна чөлүгэр түһэр кыаҕы биэрбэтэҕинэ – маанылаах хаарыан айылҕабыт кэхтиитэ  олус чугас, баара суоҕа 3 көлүөнэнэн эрэ кэлиэ дииллэр эбит. Маны киһи аймах өйдүөхпүтүн наада: айылҕа кэхтиитэ киһи  доруобуйатын мөлтөтөн кэхтиигэ тириэртэрин.

Хайдах гынан айылҕабытын харыстыыбытый, туруулаһабытый?

Бастатан туран, тастан киирии кутталы чугаһатымыахха, бөх полигона буолумуохха. Манна государство кытаанах буолуон наада.

Иккиһинэн, хас биирдии киһи бэйэбитин ииттинэн экологическай култууралаах буолуохпутун наада.

Онтон экологическай култуура диэн тугуй? Бу айыл5аны киһи хайдах баарынан ылыныыта, киһи бэйэтин айылҕа сорҕото буоларын өйдөөһүнэ, киниэхэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыта.

Култуура диэн тыл латинскай тылтан тахсар “возделивание почвы”, «сири оҥоруу” диэн.

Кэлин “таҥараҕа сүгүрүйүү” культ курдук өйдөбүлгэ көспүтэ, онтон киһи аймах үөскүөҕүттэн ыла мунньуммут материальнай уонна духуобунай сыаннастарын: живопись, архитектура, тыл, сурук-бичик, религия курдук өйдөбүллэргэ тохтообута.

Онтон экологическай култууралаах киһи диэн өйдөбүлгэ, култуура диэн тыл бастакы өйдөбүлүн “сири оҥоруу” диэн өйдөбүлү сыһыара тутуохха наада. Ол аата экологическай култууралаах киһи айылҕаттан ылары эрэ сатыыр киһи буолбатах, алдьаппакка – кээһэппэккэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, оҥорон биэрэр, чөлүгэр түһэрэн биэрэр киһи диэн өйдөбүлгэ этиллэр.

Биһиги, оҕолору кытта үлэлэһэр дьон сыалбытынан-сорукпутунан буолар экологическай култууралаах киһини иитии.

Смитина Мария Семеновна, эбии үөрэхтээһин педагога,

О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин

Соморсуннааҕы филиалын «Мин дойдум» куруһуок салайааччыта.