Сэтинньи 12 кунугэр Ольга Петровна Иванова Сидоркевич аатынан Амматаађы ођо айымньытын дьиэтин кѳђулээьининэн робототехника5а фестиваль ыытылынна. Бу фестивальга Амма №1- дээх, Амма № 2 –дээх, Амматаа5ы лицей, О5о айымньытын дьиэтин Бологурдаа5ы, Енньуестээ5и филиаллара, Сул5аччы, Бетун оскуолаларын хамаандалара кэлэн, курэхтэстилэр. Балаhыанньа быьыытынан фестиваль ус керунунэн: «Траектория», «Биатлон», «О5ус уонна ченечек» барда. Саастарынан керен икки белеххе арахсан оонньоотулар. Бастакы белеххе (11 саастарыгар диэри) алын суьуех кылаас о5олоро, иккис белеххе (12-15 саастарыгар диэри) урдуку суьуех кылаас о5олоро киирдилэр. Оонньуу бэрт тынааьыннаахтык ааста. Ођолор роботтарын бэлэмнээн, бары бэриллэр сорудахтары биир биир толорон истилэр. Ол тумугэр «Биатлонна» алын суьуех кылаас о5олоругар 1 миэстэни «Маастар о5олор» Сул5аччы, 2 миэстэни «Steep» Бетун, 3 миэстэни «Монстры» хамаандалар ыллылар. Урдуку суьуех кылаас о5олоругар 1 миэстэни «Архангел» лицей, 2 миэстэни «Звери» Болугур, 3 миэстэни «Мотор» Бетун .
«Траектория» керунэр 1 миэстэни «Наноботы» Амма №2 дээх оскуола, 2 миэстэни «Архангел» лицей, 3 миэстэни «Мотор» Бетун оскуолатын о5олоро буоллулар.
«О5ус уонна ченечек» керунэр «АЕСЕШНИК» Амма №1 дээх оскуолата, 2 миэстэни «Архангел» лицей, 3 миэстэни «Наноботы» Амма №2 дээх оскуолата ылла.
Тумуккэ кеье сылдьар кубогы алын суьуех кылаас о5олоругар Сул5аччы «Маастар о5олор» хамаанда илдьэ барда. Оттон урдуку суьуех кылаас о5олоругар «О.П.Иванова – Сидоркевич аатынан» кеье сылдьар Кубогы Амматаа5ы лицей «Архангел» хамаандата ылла.
Кыттааччылар Амма улууьугар роботетехника сайдыытыгар ке5улуур маннык тэрээьиннэр сылга хаста да тэриллэ, атын улуус о5олорун кытта табаарыстыы керсуьуулэр ыытылла тураллара буолар диэн ба5а санааларын эттилэр. Курэ5и кере-истэ о5олор то5уоруьа муьуннулар, элбэх о5о интэриэьиргиирэ, куруьуокка дьарыктаныан ба5алаа5а билиннэ. Бу робототехника куруьуога улууска 9 оскуола5а баар манна уолаттар дьарыктаналлар. Робот компьютерынан программаланан араас быьыылаах гына тацыллан, хамсаныыта программаланан, уоттанан, тыастанан о5о эрэ барыта ымсыыра керер, саца аныгы техниканы сонургуур сэргиир буолар. Биир комплект робот 30 тыь. солкуобайтан са5аланар сыаналаах, о5олор дьарыктарын сацардар сыалтан инникитин роботтехника куускэ сайдарын туьугар уерэх салалтата ейдеен-ейеен бу куруьуокка туттуллар методическай матырыйааллары, роботы хаамтарар поляны, саца элбэх деталлаах, куустээх мотордаах роботтары ыларга оскуолаларга уп кереллере буолар, бу куруьуокка ессе элбэх о5о дьарыктаныа этэ.
Бу робофест оонньуу нецуе о5о иитиллэр, программаны айарга уерэнэр, инникитин уолаттар техника5а сыьыаннара, айар-тутар ба5алара улаатан, техническай уерэхтээьиццэ бастакы хардыылара буолар.