Абаҕа орто оскуолатын К.Е.Захаров аатынан кыраайы үөрэтэр музей иһинэн Еримеева Прасковья Никитична «Родные истоки» диэн куруһуогу салайан ыытар. 30 оҕо музей экспонаттарын харыстаан, көрөн-истэн, саҥардан история кэрэһиттэрэ буола улааталлар. Куруһуокка реферат суруйарга, бэриллибит теманы кинигэттэн, хаһыаттан материал булан 1,2 лиистээх дакылаат оҥорон краеведческай ааҕыыларга кытта үөрэнэллэр.
Бу дьыл олунньу 9 күнүгэр куруһуок оҕолоро 3-с көлөүнэ оскуола түмсүүтүн кытта көрүстүлэр. Иван Михайлович Петров салайааччылаах «Кыраһыабайдык кырдьыы» республиканскай проект чэрчитинэн «Айылҕан» общественнай түмсүү киэҥ программалаах Абаҕа нэһилиэгэр кэлэн барда. Программалара: Абаҕа орто оскуолатын К.Е.Захаров аатынан кыраайы үөрэтэр музейга сылдьыы, төгүрүк остуол тула сэһэргэһии, Олоҥхо аартыгын арыйан киинэ, кэнсиэр көрдөрүү. Куруһуок оҕолоро экскурсовод буолан Музей туһунан кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр. Этнография разделын 5 кылаас үөрэнээччитэ Катя Филиппова; оскуола сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын разделын 4 кылаас үөрэнээччитэ Айлаана Конникова; Саһыл Сыһыы муустаах оборонатын 5 кылаас үөрэнээччитэ Аделина Колесова; Абаҕа хорсун пионердарын, нэһилиэк Аҕа дойду сэриитин разделлары 5 кылаас үөрэнээччитэ Боря Марин кэпсээтилэр. Дьон болҕомтотун тарта этнография разделыгар баар былыргы кыыллар уҥуохтара , археологическай хаһыы, булчут муннуга. Онтон оскуола разделыгар Абага оскуолатыгар үөрэммит биллиилээх дьон, тыа хаһаайыстыбатыгар бурдугу быһар самоскид, гражданскай сэрии кэмигэр буолбут Саһыл Сыһыы муустаах обороната, Абаҕа пионердарын хорсун быһыыта улахан интэриэһи үөскэттилэр.
Куруьуок иитиллээччилэрэ ессе биир улахан улэлэринэн буолла — олунньу 11 кунугэр НВК канаал «Саҥа күн» передачатыгар Абаҕа орто оскуолатын К.Е.Захаров аатынан кыраайы үөрэтэр музейдарын туһунан кэпсээбиттэрэ. Оҕолор разделынан арахсан музей экспонаттарын туһунан сиһилии кэпсээн чугас дьоннорун, учууталларын, нэһилиэк дьонун үөртүлэр.