Муус устар 11 кунугэр Саха республикатын культуратын туйгуна, Эдэр көлүөнэ театрын артыыската «Амма чэчирэ» ансамбль выпускницата Марина Валериевна Корнилова ыалдьыттаата. Амма чэчирин оголорун кытта көрсүһүү буолла. Оҕолор тугу сатыылларын, талааннарын концерт нөҥүө көрдөрдүлэр.
Марина Валериевна «Ольга Петровна ого оготтон үөрэнэр диэн этэрэ. Эһиги оҕолор көрөөччүгэ ис сүрэххититтэн анаан толоруохтааххыт, бэйэҕитин биэрэн, кыһаллан, умсугуйан туран үлэлиэхтээххит. Ыллыыр, үҥкүүлүүр, хомус тутта да хомустуур, оҕо барытын сатыахтаах диэн кэс тылын, алгыһын тутуһун» — диэн баҕа санаатын эттэ. 7-с Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар Амма чэирэ ансамбль выпускниктара уонна билиҥҥи иитиллээччилэрин кытта концерт көрдөрөргө бииргэ үлэлэһиэхпит диэтэ.