“Дьөһөгөй” кулууп оҕолооро биир күҥҥэ — 200 лэкээни туруордулар
Амматааҕы О.П. Иванова – Сидоркевич аатынан оҕо айар киинин иһинэн үлэлиир “Дьөһөгөй” кулууп иитиллээччилэрэ Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Геннадий Назаровка от үлэтигэр көмөлөһөн 200 бугулу чөкөттүлэр. Оҕолор салайааччыларын кытта икки күн устата от үлэтигэр буһан-хатан, дьиҥ чахчы сахалыы илиилэринэн оттоон төһө да сылайдаллар, бэркэ астыннылар.
“Амма, Бөтүҥ нэһилиэгиттэн барыта 25 уол Хотуйа үрэҕин Арыы диэн сиригэр икки күн сырыттылар. Күн-дьыл туран биэрэн, үөн-көйүүр да суох буолла, Хотуйа үрэх сөрүүн уутугар умсан ыллылар уонна уҥуор туораан, хонук сирдэрин оҥостон, аһаҕас халлаан анныгар эбиэттээн баран икки хамаанданан күүстээх үлэҕэ туруннулар. Ол курдук Петр Иннокентьевич Попов салалтатынан уолаттар ходуһаҕа охсуллан сытар, куурбут оту кэккэлии сааһыланан туран кыраабылынан харбаан, субуулаан, 200 тэн тахса лэкээни мустулар. Андрей Александрович салайааччылаах лэкээ таһааччылар 110 лэкээттэн биир улахан кэбиһиилээх оту туруордулар. Ол кэннэ омурҕаҥҥа сынньанан, былыргы оттооһун тылларын үөрэттилэр, үрэххэ дуоһуйа сөтүөлээтилэр. Уолаттар бу иннинэ от үлэтигэр сылдьыбатах буоланнар бастакы күннэригэр ыарырхаттылар. Ол да эрээри куйаас күҥҥэ үлэлээн-хамсаан, тулуурдаах, ыараханы кыайар, эрчимнээх иҥиирдээх буолан барытын тулуйдулар. 6 – 9 кылаас үөрэнээччилэрэ улахан дьону кытта тэҥҥэ от үлэтин үөһүгэр түсүһэн күүстээх үлэни кыайдылар. Иккис күн сарсыарда оҕолор бары эрдэ туран күүстээх үлэ салҕанна. Петр Иннокентьевич илии хотуурунан охсорго үөрэттэ уонна мотокосанан от охсору көрдүлэр – иһиттилэр. Икки кэбиһиилээх от турар отун тастылар. Ити курдук оҕону үлэҕэ сыһыарыы бырайыакпытынан бэртээхэй икки күн ааһан, уолаттар сахалыы от оттооһун үгэстэрин иһиттэн биллилэр. Сылдьыбыт оҕолор төрөппүттэрэ махтанан суруйуулара биһиэхэ олус долгутуулаах. Илдьэ сылдыбыт суоппардарбытыгар Юрий Даниловка, Тит Большаковка улахан махталбытын биллэрэбит”, — диэн “Дьөһөгөй” кулууп салайааччылара Александра Егорова уонна Феврония Данилова сырдаттылар.
Бу олус бэртээхэй бырайыак хайдах ааспытын туһунан сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка сырдатыахпыт.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат