“Дьөһөгөй» кулууп оҕолоро ыам ыйын 28-29 күннэригэр Д.С.Левин бааһынай хаһаайыстыбатыгар күрүө оҥоруутугар көмөлөстүлэр. Сылгыны – сүөһүнү иитиигэ биир сүрүн үлэнэн аһын бэлэмнээһин буолар, саас буолан бааһына күрүөтүн өрөмүөннээһин үлэтэ үгэннээн турар кэмэ. Күрүө бөҕө таҕа буоллаҕына бааһына тэпсиллибэт, үүнүү күһүҥҥээҥҥэ дылы чэлгийэ үүнэр, ситэр. Саха сиэринэн сиргэ – уокка тиийэн, арыылаах алаадьынан айах туттубут. Уолаттар Солооһун учаастагар күрүө маһын суоран хатырыктаатылар, мутук хомуйдулар. Субботник иккис күнүгэр Бөтүҥҥэ Чараҥ учаастагар тахсан, бааһына күрүөтүн өрөмүөннээтилэр. Оҕолор үлэлиир кэмнэригэр салаайааччылар күөх халлаан анныгар оллооҥҥо эт миинин буһаран, күүстээх үлэттэн сылайан кэлбит оҕолору итии сылаас чэйинэн, миининэн, алаадьынан күндүлээтилэр. Уолаттар икки күн устата айылҕаҕа үлэлээн хамсаан хаһаайыстыбаҕа күүс көмө буолан хара үлэ сатабылларыгар үөрэнэн эр киһилии сүгэ тутан, маһы кытта тустан илиилэрин эрчийдилэр, күүстэрин –уохтарын, сэниэлэрин, тулуурдарын боруобаланнылар. “Дьөһөгөй” бырайыак биир улахан тэрээһинэ төрүт үгэс күрүө –хаһаа оҥостуу сиэрин билиһиннэрдэ, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэттэ. Хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Степанович Левин оҕолорго махталын биллэрдэ.
Феврония Данилова