«Оленегорск Һээгэтэ» О.Иванова тыллара уонна мелодията ырыа уонна үҥкүү композициятыгар ыам ыйын 2 күнүгэр 2018 с. «Амма чэчирэ» РФ уус-уран көрдөрүүлээх коллектива, оҕо ырыа уонна үҥкүү этнографическай ансамбылын оҕолоро музыкальнай клипка уһулуннулар. Баянҥа доҕуһуоллаата СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Алексеевич Неустроев, вокальнай бөлөх салайааччыта Матвеева Анна Матвеевна, үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта Слепцова Мария Иннокентьевна, фольклор салайааччыта Татьяна Николаевна Петрова, методист Егорова Александра Егоровна, режиссер, оператор монтаж Ион Иванов, оранжировщик, запись Василий Татаринов DJ Уолан.
Бу ырыа историятыттан кылгастык суруйдахха, Ольга Иванова «Оленегорск һээгэтэ» ырыаны Аллайыаха улууһугар эбээннэр “Оленегорск”бөһүөлэктэригэр гастроллаан кэлэн баран Индигир балыксыттарын, хоту дойду хоһуун дьоннорун ырыатыгар хоһуйбута. Ансаамбылыгар «Оленегорск Һээгэтэ» ырыа-үҥкүү композициятын туруорбута, үҥкүүһүттэр көстүүмнэрин олус кэрэ уонна оригинальнай гына Августина Николаевна Филиппова айбыта.