Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Самара, Красноярскай кыраай, Нижегородскай, Свердловскай, Ленинградскай уобаластар, Индия, Монголия бэрэстэбиитэллэрэ, уопсайа 300-чэкэ норуот фольклорун тарҕатааччылара улахан сыанаҕа түмүстүлэр. -Наһаа киэҥ далааһыннаах, истиҥ эйгэлээх күрэх буолан ааста. Кыттааччылар бэйэ-бэйэбитин кытта билсэн, уопут атастаһан бары өттүнэн туһалаах сырыы буолла. Биһиги, сулҕаччылар, саха норуотун культуратын көрдөрдүбүт. Юлиан Матвеев кырыымпаҕа, Айаал Сутаков күпсүүргэ, Даниель Матвеев сиксииргэ, мин хомуска, сиксииргэ, кырыымпаҕа оонньуубутун элбэх киһи интэриэһиргээтэ. Фестиваль түмүгэр ”Добун” вокальнай квартет Гран При, бэйэм эмиэ Гран При, биирдиилээн толорооччуларга Арсений Еремеев 2 ист. Лауреат, Юлиан Матвеев уонна Айаал Сутаков 3 ист. Лауреат , Даниель Матвеев1 ист. Дипломан буолары ситистибит. Ону сэргэ кэтэхтэн кыттыбыт оҕолордоохпут, улахан дьонноохпут. Манна“Намыына” ырыа ансаамбыла 2 ист. Лауреат, Маргарита Павлова
3 ист. Лауреат, Максимов Сандал, Максимов Максим 3 ист. Лауреат, Настя Степанова 3 ист. Лауреат, Виталий Носов 1 ист. Дипломан буоланнар өрөгөйбүт үрдээтэ, сыралаах үлэбит сыаналанна. Салайааччы Александра Матвеева.