Муниципальное бюджетное учреждение дополнительного образования
Амгинский центр творческого развития имени
Ольги Петровны Ивановой-Сидоркевич
Версия для слабовидящих
Контакты

Индекс: 678600

Юридический адрес: Республика Саха (Якутия), Амгинский улус, с.Амга ул.Ленина 44

Почтовый адрес: Республика Саха (Якутия), Амгинский улус, с.Амга ул.Ленина 44

Телефон: +7 (411-42) 4-12-47

Электронная почтаshiviv@bk.ru

Ольга Петровна Иванова -Сидоркевич общественнай деятель
23 ноября 2020

Ааспыт үйэ   80-ну ссылларыгар республика үрдүкү былаастарын быһаччы дьаһалларынан, Амма улууһун үрдүнэн улахан алдьатыылаах экологическай куттал суоһаабыта. Ол курдук: 70 сылларга Амма өрүһү угуттуур үрэхтэргэ плотиналары туту таһынан кураайы улуустарга Амма уутун хачайдааһын проектара киэн хабааннаахтык сађаламмыттара. Ордук кутталлаађынан үөһээ Аммађа киэн сиргэ тайђаны кэрдии былааннанан «Спецлес» МВД СССР тэрилтэђэ бэриллибитэ.  Дьэ бу манна Ольга Петровна Аммабыт дьонун түмэ тардан күүстээх общественнай хамсааһыны сађалаабыта. Союзпут тэбэр сүрэђэр Москва куоракка киин телевидениянан кыттан «Беды красавицы Амги»  диэн ааттаан Союз наукаларын академиятын өйөбүлүн ыланнар научнайдык дакаастааннар Амма кэхтэр иэдээнин тохтоппуттара.

Бу кэмңэ Ольга Петровна көђүлээһининэн Аммађа ођо экологическай хамсааһына тэриллибитэ. Нэһилиэктэр оскуолаларыгар экологическай хайысхалаах кружоктар, түмсүүлэр үлэлэрин сађалаабыттара. Кинилэр үлэлэрин сүрүннүүр киининэн Амматаађы ођо айымньытын дьиэтэ буолбута. Мантан сиэттэрэн Ођо общественнай экологическай киинэ (ДОЭЦ) 1987 сыллаахха тэриллибитэ. Кини үлэтин сүрүн сыалынан оскуолалар, оскуола таһынан тэрилтэлэр экологическай хайысхалаах үлэлэрин сүрүннээһин буолбута.  Ођолорго төрөөбүт дойдуга харыстабылы, үөрэтэр, иңэрэр, хайысхалаах тэрээһиннэри ыытар сыаллаах арыллыбыта.  Киин (ДОЭЦ)  үлэтин правительства улуу солохтоохторун ылыммыт быһаарыытын утаран олохтоох нэһилиэнньэттэн подпись  хомуйааһынтан сађалаабыта, акциялары тэрийбитэ. «Айылђа дођотторо» кулууптары, «Күөх патрульлары»,  «Экологическай ыллыктары» тэрийтэлээбитэ.        1990 сыллаахха аан бастаан ођолорго айылђаны харыстыыр соруктаах уруһуй,  плакат күрэђин тэрийбитэ. Ити күрэх биирдэ да тохтообокко күн бүгүнүгэр диэри ыытылла турар.

Муус устар 22 күнүгэр «Сир күнэ»  улахан хабааннаахтык ыытыллыбыта. 1993 сылтан ођолор экологическай экспедициялара 600 километр усталаах Амма өрүһүнэн «Үөһээ Амма- Амма солобуодата» маршрутунан устуутун сађалаабыта. Бу устуу түмүгүнэн «Амма – мин дойдум» диэн ааттаах проект оңорон Америкатаађы  ИСАР  тэрилтэ күрэђэр ыытан 919 доллар грант ылбыттара. Бу ылбыт граннарынан «Амма- Мин Дойдум» иккис экологическай экспедицияны тэрийбиттэрэ.

1993-1995 сылларга оӄо общественнай экологическай киинин үлэтигэр улахан далааһыннаах хамсааһыннар буолбуттара. Ол курдук сайынны экологическай лаађырдар тэриллибиттэрэ, онно аан дойдутаађы экологическай конференция кыттыылаахтара «Норуот экологическай культуратын тилиннэрэн, ођону айылђађа сыһыарыы» диэн ааттаах төгүрүк остуол ыыппыттара,  Ольга Петровна өр сыллаах үлэтин түмэн, тарђатар сыаллаах «Айылђа мин дьиэм- мин кини ођотобун» авторскай республикатаађы семинарын ыыппыттара. Улуус эдэр экологтара сыллата республика уонна Россия таьымнаах «Инникигэ Хардыы» конференцияђа кытталлара.

1996 сыллаахха бэс ыйын 21 – 25 күннэригэр  Ольга Петровна  Суздаль куоракка ыңырыллан, Аан дойдутаађы экологическай семинарга кыттыбыта. Семинары Норвежскайдаађы ођо уйулђатын үөрэтэр киин уонна Россиятаађы Социально – Экологическай  Союз  тэрийэн ыыппыттара.

Ольга Петровна бу семинарга общественнай экологическай хамсааһыңңа ођолор түмсүүлэрин оруолун уонна суолтатын Амматаађы ођо общественнай экологическай киин ыытар үлэтин опытыгар тирэђирэн кэпсээбитэ.

Сыллата араас хайысхалаах экологическай экспедициялар тэриллэллэрэ. Улуус нэһилиэктэригэр экологическай хайысхалаах куруһуоктар үлэлэрэ күүстээх этэ. Ол курдук «Эдэр эколог» Майскай ситэтэ суох орто оскуолата  (сал. Перфильева Н.Н.), «Эдэр биолог» Бөтүң орто оскуолата (сал.Семенова О.Н.), «Таммахтар» Чакыр орто оскуолата  (сал.Григорьева Л.И.), «Эдэр  эколог» Абађа орто оскуолата, «Юный эколог» Чапчылђан орто оскуолата  (сал.Максимова О.Г.), «Амма чэчирэ» экокулууба (сал.Иванова — Сидоркевич О.П.), «Айылђа дођотторо» Амма №1  орто оскуолата  (сал.Окоемова Р.А.). Балартан Майскай, Бөтүң, Абађа уонна Амма Чэчирэ экокулууба 1995 сыллаахха «Ассоциация Экосистемы»( Москва) регистрацияламмыттара.

Экотропалар Чакыр, Соморсун, Бөтүң оскуолаларыгар үлэлэрин сађалаабыттара.  Күн бүгүңңээңигэ диэри күүстээхтик үлэлии тураллар.

1995 – 2000 сыллаахха Хотуйа үрэђи чөлүгэр түһэрэр сыаллаах үлэни күүскэ ыыппыттара. Ол курдук уутун анализтаан, үүнээйитин аађан, суоттаан, быһыттаммыт уу дириңин үөрэтэн, үрэх сүнньүн ыраастаан, Бөтүң нэһилиэгин администрациятын кытта ыкса сибээстээхтик, биир санаанан өр сыллаах үлэлэрин түмүгэр Хотуйа үрэђэ билигин кэңээн, ырааһыран чөлүгэр түспүтэ бу  «Амма чэчирдэрин»,  Ольга Петровна күүстээх, бэриниилээх үлэлэрин түмүгэ буолан күн уотугар күлүмүрдүү уста сытара дьону үөрдэр.

Ольга Петровна Иванова –Сидоркевич бэйэтин олођунан, ыыппыт үлэтинэн, чиэһинэйинэн, бэриниилээђинэн, аһыныгаһынан эдэр көлүөнэђэ уонна үөрэппит ођолоругар билигин дађаны суолдьут сулус буола турар. Кини үлэлээбит, олођун анаабыт тэрилтэтигэр Амматаађы ођо айымньытын дьиэтигэр 2007 сыллаахха Ольга Петровна аатын иңэрбиттэрэ. Биһигини үлэһиттэри элбэххэ эппиэтинэстиир.

Ольга Петровна Иванова – Сидоркевич Саха АССР уонна Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха республикатын үөрэђириитин уонна Айылђа Харыстабылын туйгуна, «Саха — Азия ођолорун»  норуоттар икки ардыларынаађы Фондатын стипендиата, талааннаах ырыаһыт, мелодист, самодеятельнай композитор, Амма улууһун бочуоттаах гражданина бађа санаата, олођун сыала Ийэ айылђаны харыстаан, кэлэр көлүөнэђэ айгыраппакка, кэђиннэрбэккэ, өлөрбөккө тиэрдии этэ. Биһиги көлүөнэ ону толорор ытык иэспит, эбээһинэспит буолар.

 Сардана  Юрьевна Борохина
Эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта,
Александра  Егоровна  Егорова
Эбии үөрэхтээһин  педагога  – методист