Кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар саха эстрадатын ырыаһыттара, Амма уус — уран айар коллективтара, талааннара уонна Москва куораттан Ольга Петровна кыыһа Ольга Сидоркевич. Биһиги тэрилтэбититтэн «Амма чэчирэ» ансаамбыл уус- уран салайааччыта Анна Матвеева «Доҕоруом, эн кэлиий», «Кыайыы күнэ» ырыалары толордо. Ансаамбыл выпускницата, билигин М.Н.Жирков аатынан музыкальнай училище студентката Настя Черноградская «Уйгулаана» ырыаны ыллаата, баяҥҥа доҕуһуоллаата Василий Неустроев.
#выпускникиаммачэчирэ
#таптыаҕынийэни