Этапы лоскутного шитья с кантированием
Мастер класс по изготовлению елочной игрушки из ваты
Дополнительная общеобразовательная программа «Куо» национальное шитье педагог Колосова Нь.М.
Сведения о качестве реализации программы Колосовой НЬ.М.
Дополнительная общеобразовательная программа «Куо» национальное шитье
Направление: художественно-эстетическое.
Программа рассчитана на 4 учебных года
По целевой установке: модифицированная;
Вид программы: интегрированная.
Быһаарыы сурук
«КУО» саха төрүт иис куруһуок программата Российскай Федерация Үөрэҕин министерствота бигэргэппит литературнай үөрэхтээһиҥҥэ Государственнай стандарт методологическай төрүттэригэр уонна дидактическай ирдэбиллэригэр тирэҕирэр. Саха литературатын,саха төрүт култууратын, технология учууталларыгар сэргэ анал куруһуок, устуудьуйа салайаччыларыгар саҥа соруктары туруорар, оҕону үөрэтэр, иитэр, сайыннарар үлэлэрин саҥалыы тыынынан өйү-санааны тускулаан сонун көрүүнү эрэйэр.
Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбитигэр таҥаһы таҥныы култуурата үрдүк таһымҥа турара. Бириэмэ хардыытын кытта танас-сап, өҥүгэр-дьүһүнүгэр, быһыытыгар-таһаатыгар, киэргэлигэр-симэҕэр эмиэ уларыйыы киирэн иһэрэ оруннаах. Ол да буоллар өбүгэлэрбит таҥастарын үөрэтэн эрэ баран, тупсаран тиктиэххэ наада.
Кэнники кэмҥэ бэйэ тигиитин кэтэр киһи элбээн иһэр. Кыыс оҕо кыра сааһыттан бэйэ тиктибит танаһын кэтэр ыра санаа оҥостор. Ол инниттэн саха кыыс оҕото төрүт дьарыгы утумнаан, иис кистэлэҥин, ымпыгын-чымпыгын билэн норуот култууратын тарҕатааччы, өбүгэ үгэһин кэлэр көлүөнэҕэ хаалларааччы, салҕааччы аатын сүгэн, иһирэх ийэ, сатабыллаах хаһаайка буоларыгар тиһигин олохтооһун буолар.
Онон бу программа сүрүн тирэх методологическай төрүттэринэн буолаллар:
- “Учуутал-оҕо-ийэ”- айар сомоҕо күүһүн, кыаҕын туһаныы.
- Саха култууратын иис нөҥүө эстетическэй кэриҥнэринэн ылыныытын тиһигэ.
- Өбүгэ танаһын-сабын тигии – уустук өй-сүрэх үлэтэ. Оҕо айар, иистэнэр таһымҥа киирдэҕинэ, кэрэни кэрэхсиир, бэйэ омугун духуобунай, материальнай култууратын билэр, өйдүүр гына иитэр. Ону таһынан оҕо дьаныардаах, эппиэтинэстээх, туруоруммут соругун ситиһэр киьи буола улаатарыгар көмөтө улахан.
- Иис оҕону бэрээдэктиир, тулуурдаах,дьаныардаах буоларга көмөлөһөр. Ахсаан, уруһуй, черчение, технология предметтэрини кытта ыкса ситимнээх буолан, оҕо суоттуур, толкуйдуур, оҥорон көрөр дьоҕура сайдар.
«КУО»-саха төрүт иис куруһуога сүрүн сыала:
- Оскуола орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрин өбүгэ таҥаһыгар-сабыгар болҕомто ууран, төрөөбүт норуотун култууратын, историятын, үгэстэрин, сиэрин-майгытын төрүттэригэр иитии, нэһилиэнньэ ортотугар национальнай култуурунай сыаннастары тарҕатыы, киһи аналын, олоҕу, таба өйдүүргэ үөрэтии.
Программа сүрүн сыала кини соруктарын быһаарар, олортон сүрүннэринэн манныктары бэлиэтиибит:
- Иис култууратыгар дьулуһуу, кыыс оҕону кыратыттан үлэҕэ иитии, саха дьахтарын дьоҕуругар уһуйуу, норуотугар ытыктабылы, тапталы иҥэрии, инникитин кыыс оҕону сатабыллаах, дьоҕурдаах ийэ буолар өйгө-санааҕа эрдэттэн туһаайыы;
- Саха төрүт ииһин тус суолталаахтык эстетическэй таһымынан ылынар дьоҕурун сайыннарыы;
Онон «КУО» куруһуокка-дьарыкка сылдьааччы төрүт иис норуот духуобунай баайа, киһи өйө-санаата тобуллар, иискэ дьоҕура, сатабыла арыллар, майгыта-сигилитэ ситэр, кыыс оҕо, ийэ анала диэн истиҥ иһирэх иэйиитэ уһуктар эйгэтэ буолар диэн өйдүүрүн ситиһии.
Программа тутула 2 олуктаах:
Төрүт уурар олук. Бу олукка биллиилээх норуот маастара , уран тарбахтаах мындыр уус Борис Федорович Неустроев – Мандар “Саха ойуута мандара”, “Иис-күүс ойуута-дьарҕаата”, “Саха ойуута-бичигэ” кинигэлэригэр түмпүт баай ис хоһоонноох матырыйаалларын билиһиннэрэн, оҕо өйүн-санаатын сатабыллаахтык салайан, иэйиитин уһугуннаран, уйулҕатын хамсатан салгыы кини төрөөбүт норуотун тыынын иҥэриммит, киэҥ, өйдөөх-санаалаах киһи буолуутун ситиһиэххэ сөп. Оҕо айылгытын арыйыыга, ону сайыннарыыга сүрүн болҕомтону ууруу, өйө-санаата, толкуйа сааһыланарыгар, сайдарыгар тирэх буолуу.
Сүрүн олук. Куруһуокка дьарыктанар оҕо төрүт иис уратытын болҕойорун, майгытын-силигитин арыйарга таҥас-сап, иис ис номоҕун арыйарга өҥ-дьүһүн суолталааҕын, ону тэҥэ саха омук таҥаһа-саба итэҕэли, айылҕаны кытта дьүөрэлээҕин иискэ таба тутттан ойуулаан-дьарҕаалаан киллэрэрин үөрэтэбит.
«КУО» саха төрүт иис куруһуок программата 5-6-7-8 кылаас үөрэнээччилэрин хабан үлэлиир.
Достижения:
- Диплом 1 степени в номинации «Куклы» на улусной выставке прикладного творчества обучающихся «Радуга Севера». Расторгуева Лилиана 4 а класс Кружковое объединение якутского национального шитья «Куо». Амга, март 2020
- Диплом 2 степени в номинации «Куклы» на улусной выставке прикладного творчества обучающихся «Радуга Севера». Коллективная работа. Кружковое объединение якутского национального шитья «Куо». Амга, март 2020
- Диплом 3 степени в номинации «Куклы» на улусной выставке прикладного творчества обучающихся «Радуга Севера». Александрова Вика 4 а класс Кружковое объединение якутского национального шитья «Куо». Амга, март 2020
- Диплом Лауреата 1 степени на районном этапе фестиваля-конкурса детских театров и студий моды «Воспевая Родину» «Юный модельер 2020».
- Авторская коллекция аксессуаров «Олох суола» Толстоухова Дайаана 5 а класс. Кружковое объединение якутского национального шитья «Куо». Амга, март 2020 — Лауреат 2 степени Толстоухова Дайаана в номинации «Аксессуары» на районном фестивале конкурсе детских театров и студий моды «Воспевая Родину», «Юный модельер — 2020»
- 09.12.2020 Российский и Международный дистанционный центр творчества «Конкурс-кидс» Кокарева Намина 7 кл Диплом лауреата 1 степени III Международного творческого конкурса «Моя любимая игрушка»
- 16 ноября 2020 Улусный детский творческий конкурс «Чуопчаарар ого саас», приуроченного 75-летию Победы в ВОВ в номинации 5 обучающихся (7-14 лет) Лауреат 1 степени
- Ноябрь 2020 Улусный этап конкурса рукотворной куклы «Кукла- моя лучшая подружка», посвященного Дню девочек и Дню матери
Организаторы Амгинское отделение ЯРО ВОД «Матери России», Амгинское ДШИ им Черемных А.А. Расторгуева Лилиана. 11 лет 1 место
Александрова Виктория, 11 лет 2 место
Кокарева Намина, 12 лет 3 место